Сэтинньи ый 18 күнүгэр,биһиги нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыбатын күнэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн ааспыт дьону,кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалы эҕэрдэлээн,элбэх эҕэрдэ тыллар иһилиннилэр,эҕэрдэ концерт ырыа- тойук, тэрилтэлэринэн»Тоҥ балык -2023″күрэх  ыытылынна,араас ас -үөл дьаарбаҥката,нэһилиэк иһиттэн алта тэрилтэ хамаанда туруоран волейболга ,тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэрт сэргэх күрэхтэһии буолан ааста.Дьон сэргэ дуоһуйа сынньанна.Оскуола оҕолоро технология куруһуогар хотонноох ыал хаһаайкаларыгар 10 ыалга хас биирдиилэригэр ынах ыыр кыра устуул оҥорон туттардылар.